Киһи барахсан күн сиригэр
Кэлиэҕиттэн барыар диэри,
Кэмэ суох сыаналыыр иһигэр
Киһилии майгыны-сиэри.
Ахсааннаах буолуо дуо, эдэргэ
Айманан, ыксаан ылааһын,
Ону син баһыйан эрдэҕэ
Уһуну-киэҥи санааһын.
Атыны даҕаны ыллаабыт
Аата-суола алдьамматын,
Үйэтэ даҕаны кылгаабыт
Үтүөх-батаах сылдьыбатын.
Кимин да иһин хаһан эрэ
Киһиттэн хаалар аата эрэ.