КИҺИ СИРЭЙИН ҮӨРҮҮ СЫРДАТАР

Киһи сирэйин үөрүү сырдатар,

Киһи хараҕын таптал сылытар –

Дьон барыта дьоллоох буолуоҕун,

Туох эрэ кыра туорайдыы сытар.