КИСТЭЛЭҤ САНАА

Мин саамай кистэлэҥ санаалаах курдукпун,

Мин ыраах ыҥырар ыралаах курдукпун,

Кинилэр дууһабар толору киирэннэр,

Тойугум уйдарар кынатын тиирэллэр.

 

Ырыабын кытары ыраах мин көтөбүн,

Бэркэ диэн билэттиир сирдэрбин көрөбүн.

Оо, онно бааллар дьэ тыа киэнэ үөллэрэ,

Сис гиэнэ күөхтэрэ, сир гиэнэ нүөллэрэ.

Унаарар уйгулаах ол дойду барахсан

Курдаттыы тардара күүһүрэр күн ахсын.

Арыый да чэпчиэм дуо, аһаммын кистэлбин:

Ол дойду – мин дойдум, улааппыт сирдэрим.

 

Төгүрүк алааһым, чөҥөрө күөллэрим,

Ып-ыраас куннэрим, ыас хара түүннэрим,

Дьэдьэнниир, отоннуур дьиктилээх сирдэрим,

Дьаарбайар, күүлэйдиир чараҥым, систэрим –

Төрөөбүт-үөскээбит дойдулаах мин дойдум,

Туох буолан мин бүгүн бу маннык  долгуйдум?..