КӨЙГӨТҮЙБҮТ КӨМҮС ТЫЛЛАР

Көйгөтүйбүт көмүс тыллар

Күүтэллэр тиллэллэрин.

Көтөҕө саппыт ыллыгар

Көрдөөн бул кинилэри.

 

Кыракый соҕус хоһооҥҥо

Кыбытан быһаар онтон

Тыллар, кыыллардыы хорооҥ!

Саһыа суохтаахтар дьонтон.

 

Биир да тылы тилиннэрэн

Бар дьоҥҥор биэрдэххинэ,

Киэн туттуоххун туттуоҕуҥ эн

Ол көмүс бэлэххинэн.