КӨМПҮҮТЭР

Бэрт элбэх сакалаат кэмпиэти

Биирдэ сиэн буорайыах кэриэтин,

Биирдиилээн эмэлээн амсайар

Минньигэс да буолар, атастай!

 

Өссө биир бэртээхэй кыбытык.

Үөрүүнэн бу манна эбэбит:

«Үчүгэйи кыра-кыратык

Үллэстэҥ сиэҥ», – диирэ эбэбит.

 

Оннук сиэргэ үөрэтэллэрэ

Урут сиэннэрин эбэлэрэ.

Оттон билигин атын саҥа

Оҕоҕо иһиллэр,бадаҕа.

 

Атаас, эн үөрүүгэр-көтүүгэр

Айыллан таҕыста көмпүүтэр.

Аптаах мал аны эн көрүүгэр –

Алҕаска туттума өлүүгэр.

Перейти к содержимому