КӨҤҮЛ-БОСХО

Айыы муҥа эбит, доҕоор,

Аппыт сөллөн босхо барбыт,

Ханна эрэ турар тохтоон

Хара буулур хаҥыл аппыт?

 

Ама дуо, кинини көрдөөн,

Аан дойдуну баратыахпыт,

Айылҕаҕа хонон-өрөөн

Аппытыгар махтаныахпыт.

 

Көҥүл-босхо сылдьар тугун

Көрөн-билэн дьэ өйдүөхпүт,

Ити эрэн доҕорбутун

Эмиэ тутан көлүйүөхпүт…

 

Арыт көҥүл, арыт хаайыы –

Apaaha, бу олох сиэрэ;

Арай сирэр, арай хайгыыр –

   Apaaha, бу олох тиэрэ.

 

Күүстээх тыалы күөйэ оонньуур

Күн ыаһахтаах мэник уолу,

Иирээкигэ арыт холуу,

Иннин быһа эппэт куолу.

 

Көҥүл-босхо кэлии-барыы

Көстөн турар абылаҥнаах –

Халлааны да арыт хастыыр

Хайаан даҕаны наадалаах.