КУЛУҺУН

Саҕахха уот сарыал

Саста да – оо, тымныы!

Оннооҕор сиккиэр тыал

Охсуолуур курдаттыы.

Сулуһун күлүмэ

Cyoһa суох тырымныы,

Хотугу сир түүнэ

Хор, оннук дьэ тымныы.

 

Соҕотох уот сулус

Суолбутун сырдатар,

Чолбон диэн ол сулус

Дууһаны сылытар.

Хотугу сулустан

Кулуһун умайар,

Ыраахтан-чугастан

Ыччаты хомуйар.

 

Оҥосто, көрүнэ

Ол кэрэ кыыс иһэр,

Уот тула түһүлгэ

Улаатар, тэнийэр.

Эдэр дьон көрүгэр

Эн тиэтэй, доҕорум:

Уол оҕо сүрэҕэр

Умайар кулуһун!..

 

Эдэр саас бу түмсэн

Этэр дуу сорунан:

Бүгүҥҥү күнүнэн

Бүтүөххэ суланан!

Toҕo ол буолуохтаах

Тот эрэ дьылҕабыт?!.

Туох сыаллаах-соруктаах

Дьоннор бу сылдьабыт?

 

Уйгутук олорор

Одуулаах буолбатах,

Ол эрэн сороҕор

Умнабыт дуу хайдах:

Өйбүтүн билиинэн

Үрдэтэн иһэри,

Дууһаны кэрэнэн

Толорон биэрэри.

 

Боччумнаах сыал суоҕа

Буккуйар билигин –

Туһулуур күүс буолан

Typyoҕуҥ биһиги!..

Хоту сир үрдүнэн

Кулуһун умайар,

Ыраахтан күлүмэ

Ыралыы угуйар…

Перейти к содержимому