КУЛТУУРУНАЙ ИҺЭЭЧЧИ

Арыгыһыт эрэ киһи

Арыгыга турар ини.

Арыгыһыта суох киһи

Амсайар барбах бэлэми.

 

Үлэтиттэн кэллэҕинэ,

Үгэс оҥостон кэргэнэ

Үчүгэй остуолу тардар,

Үрүҥү, кыһылы ahap.

 

Бээтиниссэттэн саҕалаан,

Били киһи бэркэ аһаан

Көрсөр caҥa нэдиэлэни,

Көһүтэ эмиэ киэһэни…

 

Култуурунай иһээччи

Куруук кэмин билээччи.

Ол курдук дьэ иһэр ыарыы

Олохсуйар улам ыарыы.