КУОРАТТАН ТЫАҔА

Куораты эрэ биллэххинэ,

Кутуҥ куотуоҕа, сүрүҥ сүтүөҕэ.

Куораттан тыаҕа кэллэххинэ,

Хоһоонуҥ кутулла түһүөҕэ.

 

Былырыын хаалларбыт мастарыҥ,

Быһыыта, бэркэ диэн олорбуттар,

Быһаара барыма хастарын,

Быыкаайык олбуоргун толорбуттар.

 

Наҥнарыспыт талахтардаах

Таһырдьаҕар талаһаҕын,

Нэҥнэриспит титириктээх

Тэлгэһэҕэр тиэтэйэҕин.

Чэмэлиһэн атастарыҥ

Чэбдиктэрин баҕастарын!

 

Син биир тыа — дьиэҥ таһа мастааҕа,

Сэбирдэх тылынан сипсийэрэ,

Сиккиэр тыал мутукча сыттааҕа,

Сир ийэ тыынынан илгийэрэ.

 

Аттыгар мастаах буоллаххына,

Арааһа, эн да дьоллоох киһигин:

Араас санаанан туоллаххына,

Аралдьытыа хас биирэ эйигин.

 

Наҥнарыспыт талахтардаах

Таһырдьаҕар талаһаҕын,

Нэҥнэриспит титириктээх

Тэлгэһэҕэр тиэтэйэҕин.

Чэмэлиһэн атастарыҥ

Чэбдиктэрин баҕастарын!

 

Перейти к содержимому