КҮЛҮКТЭР

Хараҥа халлаан урсунугар

Сотору сулустар тахсыахтара,

Оччоҕо эмиэ уулуссабар

Уп-yhун күлүктэр хаамсыахтара.

 

Төттөрү-таары барыҥнаһа

Түннүгүм аннынан тиэстиэхтэрэ,

Кимиэхэ эрэ түүнү быһа

Кэлэн-баран аххан биэриэхтэрэ.

 

Мах-маҥан ырбааҕыгын кэтэн,

Маанымсыйыаххынан маанымсыйан,

Эн эмиэ хараҥа түүн кэлэн,

Киириэҕиҥ миэхэ ааммын арыйан.

 

Хараҥа түүн хаххалаан эрэ

Харса суохтара киирэр сорох дьон.

Мин туспар аҥаардас эн эрэ

Атын буолар буоларыҥ олортон!..

 

Эн үлэҥ-хамнаһыҥ бүппэккэ

Өрүүтүн да түүннэтэн хааларыҥ,

Киирээтин биир тылы эппэккэ

Сиэпкиттэн суругу таһаарарыҥ.

 

Мин хап-сабар суругу ылан

Бэрт улаханнык ааҕан барарым,

Ол курдук билэрим бу  тыллар

Иккиэммитигэр aнaнaллaрын.

 

Мин кэргэним, эн табаарыһыҥ,

Бэрт үчүгэй сылдьарын ааҕарым.

Онтон эйигин атаараммын

 Мин эмиэ суох-соҕотох хааларым.