КҮН ЫАҺАҔА

1

Уһун күн уонна ону-маны санарыахтааҕар,

Сылга биирдэ сыаналаахтык кэпсээбит ордук.

Кылгас күн биэстэ кыыһыра, мөҕө сылдьыахтааҕар,

 Ыйга биирдэ ыйааһыннаахтык эппит ордук.

2

Ынахтарбыт уолбатахтарына,

Ыам аайы иэтэр буоллахтарына —

Үссэнэ сылдьар чөчөгөйүнэн

Үчүгэй бөҕө үчүгэйинэн.

3

Солуута суох дьон сорудахтара

Солуута суох буола турдахтара:

Күрүлүүр күнүс  бэл чүмэчилээх

Күлүгү көрдүүp күчүмэҕэйдээх.

4

Киһи бэрдин аҕыс кырыылааҕа

Киһиргиирэ алыс кыһыылааҕа,

Хараҥа хоско хара куосканы

Хаайбатах аата хаһан даҕаны.

5

Кыһыл көмүс мэтээли аны

Кыайалларынан үллэрэллэр,

Үrэc курдук, хаһан даҕаны

Өрүөлү эрэ күллэрэллэр.

6

Дьоппутаакка хандытаат тыл эттэ.

Бадаҕа, барыта табылынна.

Ол аата кини санаатын ситтэ,

Ол аата кини, оо, талылынна!

7

Аатырбыт саахыматчыт көтүттэ оонньууну,

Аны сарсыныгар алҕаһаан ылла нуулу.

Кинини манна сорохтор сэтэрииллэр,

Киһиргиибин диэн кирсэ быһынна дииллэр.

 

Алҕаһатан, биир киһи хаста кыайарый?

Aрааhaта, биирдэ эрэ, биирдэ эрэ,

Оттон кини оннук хаста кыайтарарый?

Ону билэн эрдэҕэ таҥара эрэ.

 

Бэй, оччотугар хайалара хотойуй?

Биллэн турар, хоппут эрэ, хоппут эрэ!

Бэй, оччотугар албан аат диэн ол тугуй?

Бллэн турар, күүгэн эрэ, күүгэн эрэ!

8

Бу дьон төһө да ис сүрэхтэриттэн

Эн мин дэһэн эйэргэспэтэллэр,

 Атын сиргэ бэйэ-бэйэлэриттэн

Атастыы сыһыаны эрэйсэллэр.

 

Бэртэрин былдьаһыахтарын да иһин,

Кинилэр бу сиргэ тэбис-тэҥнэр.

Кинилэр — муммут эрэ дьон билигин,

Иккиэн да эр бэртэрэ эрэннэр.

9

Кылгас этиинэн, кылааннаах тылынан

Кылам гыммыт санааны кыайан эппэккэ,

Суруйан кээспит эбиппин устунан

Сыалай хоһоону сыыһыам эрэ диэбэккэ.

 

Ол эрэн күөспүн эрдэ өрүммүтүм:

Айбыт хоһоонум амтана биллибэтэ,

Сарсыныгар ылан ааҕан көрбүтүм

Кылам гыммыт санаа кыыма да суох этэ.

 

10

Ханнык баҕарар куонкуруска,

Быраабыла курдук, быһаарыллар,

Кыттааччы дьоҕура буолбакка,

Дьүүллэһии кэмигэр арыллар

Жюри чилиэттэрин таһыма

Сөптөөҕө эбэтэр татыма.

11

Сүрэх баарынан этиэн,

Сэрэх өй сапсыйа турар,

Итини этимэ диэн

Эмиэ атыны туойтарар.

Оннук этэҕин биири,

Оттон саныыгын атыны,

эһэргии турар киһиҥ

Сэмэлии көрдөр даҕаны.

 

Чиэhи таптыыр таптаатын,

Кырдьыгы көрдүүр көрдөөтүн,

Олох онтон ырааҕын

Ол эрэн кини өйдөөтүн.

Уунан биэрбэт быа быстар.

Ол баар утарсыы толуга,

Оччотугар дьэ тахсар

Уунаҥнаан биэрии ордуга.

12

Кырдьан истэҕиҥ  аайы эн тоҕо

Кыһаллаҕын эдэр до5отторго,

Бэлэмнэнэҕин дуу эн бу сиргэ

Бэрт уһун олоҕу олорорго?

13

Барыта сиргэ мааны буолуоҕун,

Баҕарбыт эрэ дьолун булуоҕун —

Киһи киһиэхэ тииһин ардьатар,

Киһи олоҕун киһи алдьатар.

14

Оҕом эрэйдээх, эн баҕас эмиэ

Утарсыылаах буола-буолаҕын —

Онно уйаныҥ-хатаныҥ биллиэн,

Уон алта5ын саҥа туолаҕын.

 

Туохтаах буолан туоххар тирэнэҥҥин

До5отторгун кытта иирсэҕин,

Кимнээх буолан кимҥэр тэбинэҥҥин

Кинилэрдиин мэлдьи киирсэҕин?

 

Сөбүлэспэттээх да буоллаххына —

Сүгэ хоппотун сүбэ хотор,

Сүүс суолтан саамай сөптөөҕүн талан

Сүбэнэн-соргунан эн олор!

15

Биһиги, бука, биир да сааһа суох кириҥэлээхпит:

Туох да буоллун тута тылбаастаан кээһэр идэлээхпит.

Ол түмүгэр, арааһа, биһиги эрэ билигин

Биир да рубаита суох рубаи кинигэлээхпит.

16

Ыҥырыылаах ыалдьыт буолан

Ытык дьоннор киирэллэр,

Тылбыы курдук саалга туолан

Тыҥааһыны тиирэллэр.

 

Саҕалыырга бэрт диэн киирии —

Сампааннары аһаллар,

Итиэннэ дьэ эҕэрдэлии

Иһэн-аһаан бараллар.

 

Өтөр тула күлсүү-салсыы,

Үтүө-мөкү дэспэттэр:

Үчүгэй дьон буола сатыыр

Үгэстээхтэр испиттэр.

17

Tөhө даҕаны ыаллыы олордорбут.

Төһө даҕаны дорооболосторбут.

Мин көрөн эрэ билэр киһим,

Омуктар курдукпут эн биһи.

 

Оттон хаһан эмэтэ түбэсиhэн

Омук сиригэр көрүстэхпитинэ,

Мин көрөн эрэ билэр киһим,

Уруулуу курдукпут эн биһи.

18

Куртуйаҕынан мииннэнэн олорон

Хара улары хайҕаан турабыт,

Туһалаабыт дьоммутуттан ордорон

Дуол атыттары тумук туттабыт.

19

Чиэппэр күүстээх эрэ бүгүн

Чиккэҥниир буолбатах,

Оннооҕор сылдьыбат сүгүн

От илии, от атах.

 

Маннык дьон сиэрэ-майгыта

Манан соҕус ини:

Чабылaммат баҕайыта

Чахчы кыахтаах киһи.

20

Эн баара суоҕа киһи сыыһаҕын,

Бэрт буола сатаан мэлдьи сыыһаҕын.

Көр эрэ халлааны: кини сыыспат,

Күнэ-ыйа суох көрүнньүк кыыспат.

21

Түүн үөһэ. Куораппыт кураанах.

Түннүгүм анныгар – хараастар.

Дьиэм кэннэ уот бөҕө күлүмнээн —

 Дьиэрэҥкэй даҕаны үҥкүүлээҥ!

21

Түүн аайы бу турар хараастар

Түөкүттэртэн харабыллаахтар.

Миигин даҕаны киһи ааппар

Биирдэ эмэтэ манаабаттар!

22

Доҕоруом, манна да

Дууhам тэhийбэт,

Утуйуох баара да

Уум олох кэлбэт.

 

Турабын долгуйан

Түүҥҥү түннүккэ.

Баар, бука, мин уйам

Мантан үрдүккэ,

Ханнаный ол аата

Мантан үрдүк диэн?

Оо, ыллар санааҕа,

Оччо5о билиэҥ.

23

Айымньыларын аахпакка да эрэн

Улуулар ааттарын ахтарын кини таптыыр,

Суох дьон суон сурахтарыгар сигэнэн

Сорох киһи сол курдук биллэ-көстө сатыыр.

24

«Айылҕа уонна олох» диэн

Аатыныы уустук кинигэ,

Абааһы барытын кэпсиэн,

Аанньа ахтылла илигэ

Ааптары эрэ буолбакка,

Алааска уонна куоракка

Аныгы сиэри тутуһар

Ааҕааччы дьону долгутар.

 

Ол иһин да эһиэхэ мин

Ол кинигэни тиэртэҕим.

Эдэр суруналыыстарга

Этиэм этэ сыыстарбакка:

Билиигитигэр эһиги

Билии эбиниэх этигит,

Бука, бэйэҕит ааптаргыт

Булбут тылларын аахтаргыт.

25

Биирдэстэрин хараҕа — оонньуу кыыһар уот,

Иккистэрин хараҕа — уостан эрэр уот.

Көрсөөт, маннык харахтар күүтүспэттэр диэх.

Арҕаа, нлин саҕахтар атыннаахтар диэх.

 

Биирдэстэрин сурэҕэ — өрө күүрэp yox,

Иккистэрин сүрэҕэ — оһон эрэр уох.

Билсээт, маннык сүрэхтэр мэҥиспэттэр диэх.

Сүүрдэр, тоҥмут үрэхтэр сүр атыттар диэх.

 

Ити эрэн, туох эрэ ураты күүс баар:

 

Эдэрэ кырдьаҕаһын кытыарбыта баар.

Кырдьаҕаһын эдэрэ сөбүлүүрэ диэн

Кырдьаҕаһа эдэрин таптыырыгар тэҥ.

Перейти к содержимому