КҮН УҺУУР

Күн уһуур кутуйах хаамыыта,

Кыралаан да буоллар син уһуур.

Уурас да, олохпут хардыыта

Таптарбыт тайахтыы ойуолуур.

 

Көтүөлээн-мөҥүөлээн бараахтаан,

Көбүөхтүү, сотору тохтуоҕа,

Көрбүтэ, ойуолаан-ойуолаан,

Оннуттан тэйбэтэх буолуоҕа.

 

Күн уһуур кутуйах хаамыыта,

Күннэтэ эбиллэ күн уһуур,

Оргуйар тохсунньу тымныыта,

Ону ол диэбэккэ күн уһуур.