КҮННЭЭХХЭ ЭРЭ

Тэлгэһэ хаара баранан

Кыраабыллаатылар, харбаатылар,

Кыһыҥҥы сыыһы уматан

Уһун буруону унаарыттылар.

 

Устар буруо түннүгүнэн

Киһи күлүгүнүү элэҥнээтэ,

Уордаах кыһын бүппүтүнэн

Оҕо аймаҕы эҕэрдэлээтэ.

 

Ол курдук ол дьон билэллэр:

Күлүк көстөрүн күннээххэ эрэ,

Күннээххэ эрэ кинилэр

Көччүйэ көтүөхтэрин көҥүлгэ.