КҮҺҮҤҤҮ НЬУРГУҺУН

Бу булчут үүтээнэ. Киириэххэ.
Дьоллоох дьон эбиппит, бадаҕа.
Уот отто охсоммут иттиэххэ,
Ким эрэ мас мастаан бардаҕа.

Үүтээҥҥэ бэлэмҥэ кэлэҕин,
Ол ойуур оҥорбут сокуона:
Бэлэмҥэ эн эстэн кэлэҕин,
Бэлэмнээн барбатыҥ олуона.

Үс үйэ үөһүгэр үөскээбит
Өбүгэ үтүөкэн үгэһэ,
Сир аайы дьон-сэргэ үксээбит
Кэмигэр даҕаны өһүмэ!

Өһүмэ үтүө күн кэриэтэ
Үтүө дьон санаатын сырдыга:
Олохпут умсулҕан кэрэтэ —
Ол киһи санаатын сырдыга.

Ол киһи ыратын ырааһа,
Ол киһи киһиэхэ үтүөтэ.
Бүгүн эн биһиэхэ сырдаата
Ыраах дьон дууһатын күлүмэ.

Ааһыах да айылаах ардахтар
Ардыгар эмискэ куталлар —
Күннээххэ күүлэйдии барбыттар
Суккуурга сууйтара куоталлар.

Оттон эн биһиэхэ тупсаары
Силлиэлээх-буурҕалаах түбэстэ,
Эн биһи хахха сир булаары
Ыраатан хааллыбыт бу сискэ.

Өлөрү-өһөрү утаран
Үүнээччи күһүҥҥү ньургуһун
Хагдаҥ от быыһыгар турарын
Көрөөрү, эн бүгүн тоҥноҕуҥ.

Эн, бука, чараастык таҥнаҥҥын,
Эн, бука, ол иһин иэдэйдиҥ,
Ол иһин былааккар саһаҥҥын
Эмискэ сөтөллөн иэрийдиҥ.

Доҕоруом, эн уоскуй.
Ааһыаҕа Бу тоҥуу, бу сөтөл даҕаны,
Билигин мин ааны аһыаҕым,
Эн тыыныаҥ дьиэ сылаас салгынын.

Сотору көмүлүөк барахсан
Умайан үөрүөҕэ-көтүөҕэ,
Санньыйбыт санаабыт арахсан
Күөх буруо кэриэтэ көтүөҕэ.

Ол эрэн көмүлүөк уотугар
Көрөбүн ууламмыт хараххын,
Урут эн кистээхтиир буоларыҥ
Миигиттэн ууламмыт хараххын.

Арай мин сүрэҕим билэрэ
Мин суохпар ытыыргын-сонуургун,
Өр ыарыыҥ үтүөрэн биэрбэккэ
Эйигин муҥнуурун-сордуурун.

Оннук кэм, буолуоҕа, араастаан
Эн миигин тэйитэ сатыырыҥ,
Эн миигин итинник харыстаан,
Билбэккэ, мин дьолбун былдьыырыҥ.
Доҕоруом, дьолбун мин ааҕабын
Эйигин көрсүбүт күммүттэн,
Мин сиргэ киэн тутта хаамабын
Эйигин көрсүбүт күммүттэн.

Эн миэхэ мичээрбит күҥҥүттэн
Мин олох дьиктитин сөхпүтүм,
Эн миигин билиммит күҥҥүттэн
Мин тутум улаата түспүтүм.

Мин эмньик сүрэҕим аан бастаан
Күүстээхтик тиҥийэ тэппитэ,
Мин илиим-атаҕым аан бастаан
Эдэр саас эрчимин билбитэ.

Ол күнтэн мин хото саныыбын
Кыаҕым да таһынан үлэни,
Бэл диэтэр тохтото сатыыбын
Мин иэйии элэгэс түгэнин.

Мин аны күн аайы көрдүүбүн
Ол саастыы сандаархай сыллары,
Эйигин аҕалбыт ол күнү
Хоһуйар хомоҕой тыллары.

Доҕоруом, хааллын эн биһиэхэ
Ол күммүт үрдүк дьол күнүнэн,
Ыарыы да, санаа да тэйиэҕэ,
Олоруох ол эрэ күнүнэн.

Умат дуу, кыламныыр кыымынан
Эн кэрэ, эн курус хараххын,
Эн үөрүү, эн үүнүү кыыһынан
Мин өйбөр-санаабар сылдьаҕын.

Эйиэхэ мин куппун туттаран,
Эйиэхэ бүтүннүү ылларан
Олоҕум устатын тухары
Мин дьоллоох долгуйа турабын.

Бу дьоллоох долгуйуу үөрүүтүн,
Дууһабар тоҥуйбун тобулан
Ньургуһун тыллыбыт үөрүүтүн,
Мин хаһан этиэмий, тыл булан?!

Мин ааны тэлэччи аһабын —
Таһырдьа күндээрэн күн бөҕө!
Эн туран чуо хааман бараҕын,
Эмиэ мин сүргэбин көтөҕө.

Кыыһар күн кыымыгар умайар
Кыракый күһүҥҥү ньургуһун,
Олоҕу уруйдуу умайар
Ол намчы соҕотох ньургуһун.

1983 сыл