КҮӨХ ЫРА

Аатырар аам-даам тымныылаах

Ахсынньылыыр ыйдардаах,

Тоһуттар торҕон тымныылаах

Тохсунньулуур ыйдардаах

Уонна да араас тымныылаах

Уонча атын ыйдардаах

Тоҥ муус-хаар дойду оҕолоро

Муҥутуур үөрүүбүт, бука, ол:

Күөҕү эрэ мэлдьи хоһуйабыт,

Күөхтэн эрэ мэлдьи долгуйабыт.

 

Оннук биһиги оҕобут

От күөҕэ ырбаахылаах,

Ханна эрэ баар доҕорбут

Халлаан күөҕэ харахтаах,

Уһун кыһыннаах дойдубут

Уҥуох ууллар күөх саастаах.

Күөх саас угуттаах сыламыгар

Күөх сүрэх буолабыт ардыгар.

 

Күөх маайдаах уонна кулун тутардаах

Күөх саас күнэ-дьыла кубулҕаттаах.

Күөх саас сайаҕас тыалыттан

Көһүүн санаа сайҕанар,

Күөх хотой көтөр тыаһыттан

Күөх моҕой тааска саһар.

Күөх үйэ көҥүл тылыттан

Күөх ыра саҕаланар.

Күөх хайанан, күөх алааһынан,

Күөх муоранан, күөх халлаанынан

Күөх сулус ыҥырар буоллаҕына,

Күөх суолум сүтүө диэн куттаныма.

 

Күөх сайын кэллэ даҕаны

Саха күөх дууһаланар,

Бу кэмҥэ бэл күөл даҕаны

Муоралыы күөх ууланар,

Хас от-мас барыта аны

Хампа күөххэ сууланар.

Аан дойду көҕөрөн-наҕаран

Алыс да сиэдэрэй барахсан!

Муус да, хаар да суох — күп-күөх

барыта.

Бу ини үс саха күөх ырата!