Күтэри мииммит айанньыт баҕа
Күөлүттэн муоралаан иһэн эмискэ,
Адаарыс гынаатын түөрт атаҕа,
Тас уорҕатынан таралыйа түстэ.
Ити курдук ууттан тахсарыгар
Көхсүттэн ыар ындыытын көлбөрүтэн,
Күтэр аны көҥүл-босхо барар,
Күн аайы сүүрэлиир күөх сирэминэн.
От-мас быыһынан кини opoҕo
Күөлтэн бааһынаҕа диэри субуллар:
Бу сиргэ көтөр-сүүрэр олоҕо,
Бука, эн билбэккинэн оҥоһуллар.
Холобур, бу хороонугар саһан,
Бурҕаатынан эрэ булуллар күтэр
Сайын аайытын, саһарчы буһан,
Сэлиэһинэй хаһан ситэрин күүтэр.
Ол эрэн саһыл онуоха диэри
Кинини сүгүн олордуо баара дуо?!
Субу ойон кэлиэ тутан сиэри,
Ону биирэ отоойкоҕо олордуо.
Уһун хороону хасыһа сатаан
Мааны саһыл марайданыам оҥорон,