КҮҮЛЭЙГЭ

Күүлэйгэ, күрэххэ,

Күөх уйгу быйаҥҥа

Көр күлэр сүрэххэ,

Күүс оонньуур быччыҥҥа

Хойуу от үүнүүтүн

Хотуурдар солууллар,

Таҥалай үҥкүүтүн

Тардаллар субуулар.

Уолаттар охсоллор

Кэккэлии хаамсыһа,

Уолаттар охсоллор

Куотуһа, хаалсыһа.

Күөх илгэ күрэҕэр

Күүс эрэ быһаарбат,

Үгэскэ, үлэҕэ

Үөрүйэх да хаалбат.

Охсооччу аҕалаах,

Мунньааччы ийэлээх —

Ол окко баҕалаах,

Ол сиргэ иэйиилээх.

Уолаттар уһун күн

Уоҕуран оттууллар,

Охсор сир бүппүтүн

Көрөн дьэ тохтууллар…

Килэччи охсуллан

Киэҥ хочо нэлэйэр,

Ой тыаҕа охсуллан

Оһуокай дьиэрэйэр.