Улахан сыаллаах олоҕу
Оччоҕо биһиги таптыырбыт,
Эдэр саас эрчимин, уоҕун
Барытын киниэхэ аныырбыт.
Кэрэтэ кэлэр кэскилбит,
Сырдыга арыллар аартыкпыт,
Кимиилээх этэ кэпсэлбит,
Саргылаах буолара санаабыт.
Өлүү диэн өйгө да суоҕа,
Өйгө да суох этэ куһаҕан,
Ол иһин дьэ ордук суоһа
Ол сэрии, ол өлүү сураҕа.
Үрүҥ күн өһөн ылбыта,
Күөх сирэм күлүмэ сүппүтэ
Өйбүт-санаабыт барыта
Өлүү баар сиригэр көппүтэ.
Барарга бэлэммит бары
Баламат өстөөхтүүн күөн көрсө,
Кэлиэхтээх ол ыар сыллары
Ким даҕаны билбэтэ өссө.
Тыыл — фронт!.. Тыһыынча хонуктар…
Сүөһү иит, түүлээхтээ, балыктаа!..
Тыын быста-быста салҕанар…
Тымныыны, өлүүнү бараттаа!..
Ол хоһуун дьон — оҕо, дьахтар —
Улуу дойду охсуулаах күүһэ.
Онуоха буолуоҕа, баҕар,
Кыайыыбыт биир таайыы күлүүһэ.
Онтон ыла сир үрдүнэн,
Хоту дойду киирбэт күнүнүү,
Устар, устар Кыайыы күнэ,
Уйгулаах уотунан күлүмнүү.
Кыайыы күнэ — кыһыл төлөн,
Кытыаста тохтор кыа хаан курдук,
Кыайыы күнэ — кыыһар төлөн,
Сарсыардааҥы саһарҕа курдук.
Ханнык да атын өҥүнэн
Хараарда, туртата сатаама,
Хаалыаҕа кыһыл өҥүнэн
Кыайыы күнэ өйгө-санааҕа