КЫАЙЫЫ ҮЙЭТЭ

Эдэр саас сырыыта, айана

Эриирдээх-мускуурдаах буолара,

Очуос таас даҕаны хайанан

Охсуллан ааһара суоллара.

 

Таҥнастыах айылаах тахсыылар,

Түҥнэстиэх айылаах түһүүлэр —

Манныгы үйэ-саас саныыллар,

Манныгы түүн аайы түһүүллэр.

 

Оттон ол уот сэрии сылларын

Охсуһан, үлэлээн ааспыттар,

Өлүүгэ-сүтүүгэ ылларан

Үгүс тоҥ ииннэри хаспыттар.

 

Абарыы-сатарыы тылларын

Аны киэҥ көҕүскэ хаайбаттар —

Этэллэр туолбатах сыалларын

Эмискэ соҕотох хаалбыттар.

 

Кылгас эбит кыайыы үйэтэ

Кыайбыт көлүөнэ олоҕунуу,

Улам өһөр улуу бэйэтэ

Охтубут саллаат сулуһунуу.

 

Ийэ сир эрэйин-буруйун

Этинэн-хаанынан билбиттэр

Ол иһин даҕаны хойутун

Умнуллан бараахтыыр эбиттэр.