Барыта биллэр суол эрээри,
Баҕар, биир сөп тылы эбээри
Батарбат санаабын, толкуйбун
Поэма диэн ааттаан суруйдум.
Арааскын эн, киһи аймаҕым,
Ардыгар хам буолбат айаҕыҥ,
Киһини тохтото-тохтото
Кэпсиигин оччоҕо эн тото.
Эҥини-арааһы булаҥҥын,
Элбэҕи эбэҥҥин-сабаҥҥын
Кэпсээнтэн кэпсээни соҥнуугун,
Киһини ыыппакка сордуугун.
«Эрэйдээх!» — диибин мин кинини,
Эйиэхэ түбэспит киһини,
Ол иһин барытын киниэхэ
Олоччу баарынан кэпсиэххэ.
Киириилээх-тахсыылаах дьиэҕэ дуу,
Кэлиилээх-барыылаах сиргэ дуу,
Көрбөккө иэдэйбит киһилии
Көрсүһэ түһэҕин кинилиин.
Аан бастаан: «Дорообо! Сэһэниҥ?»
Атаспыт онтон дьэ сэрэннин,
Кыһыл тыл унуоҕа суох диэни
Кыратык кини да билиэхтин.
Этиэҕиҥ-тыыныаҕыҥ элбэҕи,
Элбэҕи, элбэҕи, элбэҕи,
Эппиккин хаста да этиэҕиҥ,
Истээччиҥ сэниэтин эһиэҕиҥ.
Барыаҕын баҕартын да иһин
Барара сатаммат бу киһиҥ,
Сиэр-майгы бөҕөлөөх эрэйдээх
Сэһэҥҥин ситэри истиэхтээх.
Оттон эн силигин ситэрэн,
Убаастыыр быһыыгын биллэрэн
Ыччатын-оҕотун туһунан
Ыйытан-туоһулаан тураҕын.
Быстыа дуу, өйдүө дуу ол муҥнаах,
Быһыыта, былаанын умнуохтаах,
Синигэр түспүтүн бэлиэтээн,
Сэһэргиир сиһилии эппиэттээн.
Аны эн соһуйан-өмүрэн
Атаскын дьиибэргии көрөҕүн,
Атаһыҥ айаҕа хам буолбат,
Айыыга даҕаны уурайбат.
Эн ини-арааһы булбахтаан
Элбэҕи эппэхтээн-саппахтаан
Кэпсээнтэн кэпсээни соҥнууруон,
Киһини ыыппакка сордууруон.
Этэрэ-тыынара элбэҕиэн,
Элбэҕиэн,элбэҕиэн,элбэҕиэн,
Эппитин хаста да этэриэн,
Истээччи сэниэтин эһэриэн.
Тырытта тураҕын искэр эн,
Тыынын дуу таһаарар миигиннэн,
Бу маннык биэс мээри эбитин
Букатын эн урут билбэтиҥ.
Төһөлөөх үлэни-хамнаһы
Чөмчөтө туруоххун, алҕаһыҥ,
Кыракый алҕаһыҥ эмискэ
Кыбыллан мэһэйдээн кэбистэ.
Биллэр, эн боппуруос биэрэҥҥин
Бириэмэҥ бөҕөтүн сиэттэҕиҥ,
Кэпсэтэ түһээт да киниттэн
Кэмигэр куотуохха баар этэ.
Суох, ону хайаан да эн киһиҥ
Сонунун истиэхтээх дуу этиҥ,
Баҕардар бараммат ол сонун
Бары ис хоһооно биир буоллун.
Итинник элбэх дьон мээритин
Истэн ис салҕыаххар диэритин,
Оччоҕо уһуннук саҥарар
Омсотун өйдүөҕүҥ эн, баҕар.
Тус бэйэм олоҕум дьадаҥы,
Туора дьон сэргиирэ туох да суох.
Ол эрэн үөрэтэр дьарыгы
Ол мин да сатаабат буолуом дуо.
Арааскын эн, киһи аймаҕым,
Ардыгар хам буолбат айаҕыҥ,
Ардыгар тылгыттан матаҕын,
Айаххын харчылаах атаҕын.
Ити кэм саныыргын барытын
Эн искэр иитиэхтии сылдьаҕын,
Ону дуу таайаары дьон бары
Одуулуур сирэйгин-хараххын.
Үчүгэй санааны мунньуоҕуҥ
Үөрүөҕүҥ, көтүөҕүҥ, оонньуоҕуҥ,
Куһаҕан санаанан туолуоҕуҥ
Куруутун кыйыттар буолуоҕуҥ.
Үчүгэй, куһаҕан санаалар
Үөр кыыллыы эйиэхэ хаалаллар,
Тахсар үүт-хайаҕас булаары
Тарбыыллар дууһаҕын чаас аайы.
* * *
Сатаан дуу санаатын эппэккэ,
Саатан дуу саҥаран испэккэ
Эҥин да бэйэлээх оҕолор
Эрэйгэ түһэллэр сороҕор.
Кытара умайар имнэрдээх
Кыбыстар-симиттэр эрэйдээх
Этиэ дуо таптыырын кыыһыгар
Элэгин-оонньуутун быыһыгар.
Кэрэ кыыс туһуттан эбэтэр
Киирсиһии даҕаны кэмигэр
Эрдээҕин, үтүөтүн дакаастаан
Эйэтин биллэриэ дуу бастаан.
Көҥүллүк этиэҕин-тыыныаҕын,
Көҥүллүк кэлиэҕин-барыаҕын
Куруутун кыбыстыы мэһэйдиир,
Кутгаммыт-дьиксиммит сирэйдиир..
Арай ол амсайбыт уолаттар
Адьаһын итинник буолбаттар,
Кимтэн да, туохтан да кинилэр
Кэхтэри-толлору билбэттэр.
Эр киһи бастыҥа тахсыахтаах
Эрэттэр бу бааллар, бадахтаах,
Кыралар үтүктэ сатыыллар,
Кыргыттар муннукка ытыыллар.
Хайдаҕый кыратык амсайар,
Хараҕы-сирэйи арыйар?
Бэрт көрдөөх ол кыра бэтиэхэ
Билсэргэ эр санаа биэриэҕэ.
Көстүөҕэ айылҕа айбыта:
Көр-нар да, күүс-уох да барыта.
Сэмэлиир, сөбүлүүр элбиэҕэ,
Сэҥээрии, билинии кэлиэҕэ.
Эдэр дьон тапталын дьалыҥа
Иһинэн-таһынан дьалкылла
Эдэр уол, эдэр кыыс оҕобут
Эдэр ыал буолаллар сотору.
Сыл аайы төрүүллэр-ууһууллар,
Сыччыйдар сыллыыллар-уурууллар,
Сылдьаллар ыалдьыттар, уруулар,
Сылдьаллар, ардыгар уһууллар.
Эт киһи элэйэр-сылайар,
Эдэр ыал сыһыана тымныйар,
Оннооҕор остуолга дьон суоҕар
Уопсай тыл булбакка сор буолар.
Тохтууллар мөккүһэн эмискэ
Тугу да диэхтэрин билбэккэ…
Оо, эмиэ кыбыстыы, кыбыстыы,
Ону дуу кистээри кыыһырсыы.
Ийэ да, оҕо да айманар,
Эр киһи хаһан да амсайар.
Бэрт көрдөөх урукку бэтиэхэ
Бээ, баҕар, эр санаа биэриэҕэ!..
Тумаҥҥа мэлийэр кыбыстыы,
Дьон-сэргэ барыта атастыы,
Киһибит кэмэ суох мээрилиир,
Кэлбиккэ-барбыкка мичээрдиир.
Арай дьэ дьиэтигэр-уотугар
Айдаарсыы тоһуйар боруогар,
Сарсыарда саатттан-суутуттан
Саҥата суох сытар уһуктан.
Иһээһин-аһааһын хаһан да
Итинтэн атыҥҥа аҕалбат —
Аны эн иһэртэн, кыбыстыы,
Аргыс буол кинини харыстыы.
Кыбыстыы куруук баар куолаһа —
Кырдьыга, бу киһи суобаһа —
Хойутун бэйэҕин хомотор
Куһаҕан быһыыттан тохтотор.
Тус бэйэм олоҕум дьадаҥы,
Дьон-сэргэ сэргиирэ туох да суох,
Ол эрэн үөрэтэр дьарыгы
Ол мин да сатаабат буолуом дуо.
Харата-үрүҥэ биллибэт
Хас биирдии эн санааҥ тиллибэт,
Тыл эрэ кинини таһаарар,
Тыл эрэ хайдаҕын быһаарар.
Саныаҕыҥ эн бүгүн маннык диэн,
Сарсынын атыннык эргитиэҥ —
Мунааран муҥнаныы түмүгэр
Муударай буолаҕын үксүгэр.
Элбэхтэн биир санаа талыллан
Этиллэр биир сөптөөх тылынан:
Үгүс дьон чөл тыынын харыстыы
Өрүүтүн баар буоллун кыбыстыы.
Ол курдук тыл нөҥүө киниэхэ,
Оҕолоох-уруулаах киһиэхэ,
Урукку бэрт көрдөөх бэтиэхэ
Охсуулаах буолара биллиэҕэ.
Эр бэрдэ, тохтоо эн! Туох саатай!
Иһэри кыаммат диэн туох аатай!
Эр киһи аатыттан ааһыаҕыҥ,
Эриэн ыт элэгэр барыаҕыҥ.
* * *
Улахан дьиэ кэргэн аҕата
Ол ини эр киһи баҕата,
Улахан дьиэ кэргэн эйэтэ
Ол ини дьол-соргу эйгэтэ.
Оннук дьиэ кэргэҥҥэ, бадаҕа,
Оҕолор имнэрэ — саһарҕа.
Кинилэр олордуу мастардыы
Кэккэлии үүнэллэр хас хардыы.
Улаатан уолаттар, кыргьптар
Ол эрэн мастартан атыттар:
Оонньууллар, сырсаллар, аһыыллар
Уонна да элбэҕи сатыыллар.
Холобур, мастары көрөллөр,
Мастара үрдүктэр, көнөлөр,
Хоп-хойуу лагласпыт лабаалар
Хосторун түннүгүн ааһаллар.
Оҕолор олоххо тахсаллар.
Оо, эмиэ дууһаҕа саһаллар
Сороҕор долгуйуу, кыбыстыы,
Сороҕор хомойуу, хараастыы.
Бэрт көрдөөх ол кыра бэтиэхэ
Бээ, аны уолугар кэлиэҕэ,
Улахан дьиэ кэргэн аҕата
Ол онтон дьиксинэн бардаҕа.
Тымныы да сүрэҕи ириэрэр
Тыыннаах тыл онно дьэ этэллэр,
Мээнэҕэ биэс мээри дэммэтэх
Бэртээхэй тыл-өс диэн бэрт элбэх.
Элбэхтэн биир санаа талыллан
Этиллэр биир сөптөөх тылынан:
Үгүс дьон чөл тыынын харыстыы
Өрүүтүн баар буоллун кыбыстыы.
Ийэ да, аҕа да сүбэтэ –
Илгэлээх ийэ тыл сүмэтэ.
Кинини сүрэххэр иҥэрэн
Кэрэ диэн киһи буол, оҕом, эн!
Оҕону үтүөҕэ ииппэт дьон
Олорор курдуктар болдьоһон
Бу оҕо улаатар күнүгэр
Буорахтаах буочука үрдүгэр.
Арааскын эн, киһи аймаҕым,
Ардыгар хам буолбат айаҕыҥ,
Ардыгар тылгыттан матаҕын,
Айаххын харчылаах атаҕын.
Бу икки туругу эрэ мин
Булбучча ырытан эрдэҕим,
Туохха ол туһалаах эбитин
Туолкалаан бэйэм да билбэтим.
Ол эрэн оҥорбут үлэбин,
Ол буоллун мин баҕам, үлэҕим,
Ким эрэ кэмин да баратан
Кэрэхсээн аахтын дуу барытын.
Миэхэ да харчыны-хамнаһы
Биэрбэт ээ бу үлэм-хамнаһым.
Оттон бу тыллары таларбар
Уонунан хонуктар бараллар.
Күннэри-түүннэри талабын,
Көлөһүн-балаһын аллабын,
Мин мэлдьи үтүөнү саныыбын,
Мин ону тарҕата сатыыбын.
Тыыннааҕым тухары мин этиэм
Тыл күүһүн туһаммыт киһи диэн,
Олоҕу-дьаһаҕы оҥорсуох
Ол кэннэ атын күүс миэхэ суох.
Тус бэйэм олоҕум дьадаҥы,
Туора дьон сэргиирэ туох да суох,
Ол эрэн үөрэтэр дьарыгы
Ол мин да сатаабат буолуом дуо.
Эрэйдээх-буруйдаах дьоннорго
Эн биһи иэспитин толоро
Үлүскэн үп-харчы кэриэтэ
Үчүгэй сүбэни биэриэххэ.
Сүгэ хоппотун сүбэ хотор,
Сүбэттэн күүстээх суох сороҕор,
Билиини-көрүүнү, саталы
Биэриэххэ ол иһин барытын.
Былыргы, аныгы ситимэ
Быһынна диир дьону истимэ,
Ситим баар уккуллуу күүһүнэн,
Ситиннэ холобур сүүһүнэн.
Аҕата акылаат түһэрэр,
Атынын оҕото бүтэрэр.
Кыраҕын үөрэт эн кырдьаргар,
Кырдьартан үөрэн эн кыраҕар.
Билигин кыһыл тыл үйэтэ —
Биллибэт кыра дьон үлэтэ,
Ол иһин оҥорор идэҕин
Улам эн сүтэрэн эрдэҕиҥ.
Дьон-сэргэ өйдүөҕэ сотору
Туох-ханнык буолбутун толору —
Дойҕоҕо, мээритэ тохтуоҕа,
Долгуйа айыаҕа-тутуоҕа.
Элбэхтэн биир санаа талыллан
Этиллиэ биир сөптөөх тылынан:
Үгүс дьон чөл тыынын харыстыы
Өрүүтүн баар буоллун кыбыстыы.
1994 сыл