«КЫҺЫЛ КИНИГЭ»

«Кыһыл кинигэ» таһыгар —

Маҥан куба өлүгэ,

Хараарар кини хараҕар

Саалаах киһи күлүгэ.

 

Аһыҥ «Кыһыл кинигэни»—

Кыыл-сүөл аата үлүгэр.

Дьоннор сиргэ кинилэри

Эһэн эрэр үһүлэр.

 

Эһиги бу баар ааттары

Ааҕан да сиппэтэргит,

Кэннигэр «киһи» диэн ааты

Өссө эбэн биэрдэргит.