КЫҺЫННАРЫМ ЭПТЭР-ЭБЭН

Кыһыннарым эптэр-эбэн,

Кырыа маҥан баттахтыыллар,

Кыһыны дуу барыы сатаан,

Кыҥыр-хаҥыр саҥарабын,

Кырыппакка эрэ хайаан

Кыһын барыан баҕарабын?

 

Сыһыыларбын типтэр-тибэн

Сырыыларбын атахтыыллар,

Сылаас дьиэҕэ хаайа сытан,

Сылаас хааммын тоҥороллор,

Сыыйа-баайа сындалытан,

Сыыллар эрэ оҥороллор.