Кырыллыбытынан кыыс оҕо эрдэҕинэ,
Кыраһаабысса диэн кини этэ,
Кыталыктыы, кынтайа устан киирдэҕинэ,
Кыра-хара кыбыстан бүтэрэ.
Оччолорго даҕаны, ол эрэн, бааллара
Уолуктарынан тыыммыт уолаттар,
Ол кыыска, уруйдуу,утары бараллара,
Букатын да мух-мах буолбаккалар.
Тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр көрсүһэллэрэ,
Уостарынан-тиистэринэн оонньуу,
Этэн көрө-көрө иэрийэ күлсэллэрэ,
Кинилэр кэннэ ким да суоҕунуу.
Ким эрэ сотору кинилэрдиин тэҥнэһиэн,
Ордуон дуу, ол хантан билиэхтэрэй?
«Тот оҕото дохсун, баай оҕото бардам»,— диэн
Дьон тоҕо мээнэҕэ этиэхтэрэй?
Олох обургу очура-чочура охсон
Охтор охторо, турар турара.
Ким хайдах сатыырынан олоҕун оҥостон,
Орто дойдуга оннун булара.
Хаһан да кыһыннар хаардаан үллүктүүллэрэ,
Сайыннар самыырдаан ыһаллара.
Аны оҕолор, оҕолор көрүлүүллэрэ,
Аҕалар, ийэлэр кырдьаллара.
Кынтайбыт бэйэлээх кыыс оҕо кырдьыбытын
Аны ким да ааҥҥа көрсүбэтэ.
Ааспыт кэмҥэ аар-саарга аатыра сылдьыбытын
Аныгы ыччат адьас билбэтэ.
Күөгэйэр күҥҥэр күннүү-күөнэхтии сылдьан эн,
Хантан билиэҥий хас кырдьаҕаһы?
Эдэр саас — кэрэ кэм, сэрэхтээх кэм, ол эрэн,
Эргитэн кээһиэн сөп эн дьылҕаҕын.
Ол иһин киниэхэ, уоҕун кэмчилээбэккэ,
Уордайда ини олох обургу.
Ыал буолан, иэримэ дьиэни иччилээбэккэ
Чороҥ соҕотоҕун турдаҕа бу.
Оттон кини урут кыраһаабысса этэ,
Иҥээҥниир элбэҕэ тулатыгар,
Эҥин да бэйэлээхтэри сирэттээтэҕэ,
Бу мэрбэллэн туруоҕун быатыгар.