Атасчааным – кыра киһи
Алтатын да туола илик.
Ол эрэн саадьыкка кини
Оттомноох улахан киһи:
Айдаана, мэнигэ аччаан,
Аатыгар эрэ кырачаан.
Кини үстээх эрдэҕинэ
Манна маҥнай кэллэҕинэ,
Аата, саадьыгын тиэргэнэ
Алдьархай даҕаны киэҥэ!
Оҕолору эккирэтэн
Уҥа сыһан кэлэр этэ.
Оттон бүгүн онтуката
Олус кыараҕас курдуга,
Саҥардыы ойуолаан иһэн
Сааллар дии олбуорга кэлэн.
Оо, аһыҥ олбуоргут аанын,
Уолчааны таска таһаарыҥ!
Кылап-халап көрөөт кини,
Кытыгырас кыра киһи,
Бугуһуйбут бэйэккэтэ
Муҥ күүһүнэн тэбиниэҕэ
Ойуурунан, толоонунан,
Ууну-хаары ортотунан.
Сүүрүөҕүнэн сүүрдүн-көттүн,
Сүһүөхтэрин бөҕөргөттүн,
Сылаа диэни билбэт кини
Сындааһыннаах иҥиирдэннин,
Симэх-ойуу сирин устун
Сити курдук бара турдун!