КЫРДЬЫЫ

Билигин суруллар хоһооннор

Барыта мин бэйэм туспунан,

Кинилэр суоллара омооннор

Оһон дуу хаалыахтыы устунан.

 

Бу, бука, кырдьыы диэн ааттанар

Кыһалҕа бөҕөтө кэлиитэ:

Киһи түөрт эркиҥҥэ хаайтарар

Сэбирдэх, мутукча ситиитэ.

 

Аан дойду улуукан көрүттэн

Бу көрөн олорон матаҕын.

Оо, хаһан, хаһан эн өрүттэн

Ойуургар, толооҥҥор бараҕын?

 

Бу баҕаҥ хаһан да туолбатын

Толору эн билэ-билэҕин,

Кырдьык диэн сымыйа буолбатын

Аан бастаан саарбахтаан эрдэҕиҥ.

 

Аны дьэ хас сылын аайытын

Биһиги үчүгэй буолбаппыт,

Көстүбэт быа ыга баайбытын

Өһүллэр түмүгүн булбаппыт.

 

Бу эстии, бу быстыы кыһыыта

Уолукпут үүтүгэр оргуйар.

Арай дьэ ааспыт кэм ахтыыта

Бүгүҥҥү олоҕу солбуйар.

 

Илиибит-атахпыт баайыыта

Ханна да ыыппаттыы хам ылар.

Тыыннаах дьон бу дьулаан хаайыыта

Тыла суох күлүүстүү хатанар.

 

Ол аата барыта бүттэҕэ —

Ким тиийиэ буоллаҕай сүүһүгэр!

Өссө биир сэбирдэх түстэҕэ

Кэм-кэрдии өрүһүн сүүрүгэр.