КЫРДАЛГА

Кыргыттар, кырдалга

Дьэдьэммит тэтэрбит,

Омурҕан ыккарда

Хомуйа кэллэргит.

Оо, эрдэ! Олоччу

Ол омун, — диэмээриҥ.

Ол кыыһы булгуччу

Аҕалан кэлээриҥ.

Кинини мин, биллэр,

Көрө да иликпин,

Ол эрэн, оо, кэллэр

Билиэҕим тута мин.

Олус өр кинини

Мин көрдөөн булбатым —  

Бэл ыксаан дьэдьэни

Бу эрдэ буһардым.

Кинитэ суох кэлэн

Эрэйи көрүмэҥ,

Кинитэ суох дьэдьэн

Буспатын сөҕүмэҥ.

Ол эрэн сотору

Кэлээриҥ кырдалга:

Хайаҕыт эрэ бу

Дьэдьэнэ бустаҕа.

 

Перейти к содержимому