КЭМ УОННА ОЛОХ

Уһун кэм, кылгас кэм диэн дойҕох,

Уһун олох, кылгас олох диэн суох.

Баар туспа кэм, ураты олох,

Уһун, кылгас оруола онно суох.

 

Кэм кээмэйдэнэр тэтиминэн,

Олох сыаналанар сыратынан —

Үлэлээҥ-хамсааҥ ол тэҥинэн,

Олоруҥ, сылдьыҥ ол таһымынан.

 

Кэм итэҕэстээх эстэринэн,

Олох быһаҕастаах быстарынан

Кэскилгит туһун кэстэримэҥ,

Олоххут ыпсыытын ыстарымаҥ.

 

Кэми-кэрдиини тиэтэтимэҥ,

Олоҕу даҕаны ыксатымаҥ.

Кэлэрэ кэллин кэлэринэн,

Барара барыахтын барарынан.

 

Кэм-кэрдии кэлэн-баран иһиэ,

Олох да одуулаан туруо суоҕа,

Хата ону ким эрэ эмиэ

Хайаан да харгыстаһан туруоҕа.

 

Саҥалыы санаа уһуктуутун

Саҕалыыр ааттаах кини буолуоҕа,

Бар дьонуҥ кыайыытын, хотуутун

Барытын биирдэ туора сотуоҕа.

 

Ол эрээри олох уонна кэм

Ол онно үрдүк суут буолуохтара,

Киммитин бэйэлэрэ билэн

Кэпсиэхтэрэ биитэр умнуохтара

Перейти к содержимому