КЭҔЭ

Саныам дуо мин атыны,

Саха киһитэ буоллаҕым,

Сайыным диэтим даҕаны,

Сайылык дьиэбин булабын.

 

Кэлээтин онно, аан бастаан

Кэҕэлэрдиин кэпсэтэбин,

Кэнним уһаан, инним кылгаан,

Кэммин-чааспын эттэрэбин.

 

Кэтэх тыаҕа кэҕэ этэр,

Киһи саҥата бу турар.

Эйигин бу манна, биллэр,

Эмиэ туох эрэ долгутар.

 

Кэҕэ этэр: «Кук-куук, кук-куук!»

Кэмниир үһү ол сааспытын.

Этэр кэҕэ, этэн кулууй

Эн мин хас сылым хаалбытын!

 

Арыт кини этэн иһэн

Ах баран хаалан хомотор,

Арыт тохтообокко этэн

Ааһа өр сиргэ олоордор.

 

Оннук да буоллар син биир,

Оо, таптыыбын ыйытарбын.

Мэлдьи кэҕэм онно кэпсиир

Мин өссө хас сыл барарбын.