КЭПСЭТИИ

Ордон хаалбыт кэмпиэти

Уолчаан көрдүөн кэриэтин,

Тарбаҕынан ыйа-ыйа,

Таайтара соҕус ыйытар:

 

Эҥин араас ойуулаах,

Икки кумааҕы суулаах,

Оруобуна кэмпиэт курдук,

Оол-ол сытар, ийээ, тугуй?

 

Этэр онно ийэтэ:

Ити кэмпиэт бэйэтэ.

Кинини эн мээнэ сиэмэ,

Кэмпиэт кэлин тиискин сиэҕэ…

 

Ийээ, ол ыстаан сиэтэххэ,

Оттон мин эмэн сиибин…

Оннук сэрэнэн сиэтэххэ,

Олох ыалдьыбат тииһиҥ.