КЭТЭҺИИ

Халыҥ былыт суорҕанын
Хаһан эрэ сэгэтэн,
Хайдах күн-дьыл буоларын
Халлаан эрэ этэрэ.

Онтон дуу мин уһуктаат,
Одуулуубун халлааммын,
Күн-дьыл көннөр дии санаат,
Көрдөһөбүн анааммын:

— Айаннаары куорсуммун
Куурдуммутум ыраатта —
Аһыый дуу эн урсуҥҥун,
Аалай күҥҥүн сандаарда.

Хаһан эрэ мин хаамар
Хатыҥ чараҥ түөлбэбэр
Сааскы күннэр сандаарар
Сарыаллара түһэллэр?

Хаһан эрэ ньургуһун
Халдьаайыга туртайар,
Халлаан ыраах сулуһун
Хара сиргэ солбуйар?

Хаһан эрэ кэҕэлэр
Хара тыаҕа кэлэннэр,
Хараҥарбат түүннэрбэр
Хараабакка этэллэр?

Хаһан эрэ күөрэгэй,
Хааман иһэн көрбүтүм,
Халлаан диэки күөрэйэ
Хайгыыр сирэм күөхпүтүн?

Хаһан эрэ ойуурдар
Хампа күөхтүүр буолаллар,
Аан дойдуну уйгуурдар
Айдаанынан туолаллар?

Хаһан эрэ алаастар
Хаарыс солко отторо
Хамсыы-хамсыы тахсаллар,
Хартыынаны толоро?

Күнү-дьылы кэтээммин
Күнүм-дьылым баранна,
Онон эрэ итээммин
Олордоҕум бу манна.