МАҤНАЙГЫ ХААР

Эмискэ үлүгэр

Тыал түһэн бурайар,

Хойуу хаар үрдүбэр

Тулабар бурҕайар.

Хойуутук, өлгөмнүк

Хаар түһэн үллүктүүр,

Хойуутук, өлгөмнүк

Үллүктуур, үллүктүүр.

 

Мин маны одуулуу

Бэркэ диэн сөҕөбүн,

Быыкайкаан оҕолуу

Үөрэбин, көтөбүн.

Хойуутук, өлгөмнүк

Хаар түһэн үллүктүүр,

Хойуутук, өлгөмнүк

Үллүктүүр, үллүктүүр.

 

Маҥнайгы хаарынан,

Маҕыйа түһээт, мин

Туох күүһүм баарынан

Турдум да сүүрэбин.

Хойуутук, өлгөмнүк

Хаар түһэн үллүктүүр,

Хойуутук, өлгөмнүк

Үллүктүүр, үллүктүүр.

 

Маҥан хаар бүрүйэр

Ойуурбун, толооммун.

Мааны сир үрдүгэр

Мин оргууй тохтуубун.

Хойуутук, бөдөҥнүк

Хаар түһэн үллүктүүр,

Хойуутук, бөдөҥнүк

Үллүктүүр, үллүктүүр.