Мин – сэрии оҕото,
Биллэр ол тоҕото,
Билигин бэрт элбэх саастааҕым,
Мэҥ курдук сүрэхпэр баастааҕым;
Итиини-тымныыны,
Эстиини-быстыыны
Элбэхтик көрсүһэн кэлбитим,
Эрэй-муҥ диэн тугун билбитим…
Мин – сэрии оҕото,
Биллэр ол тоҕото,
Ол кэми эмискэ саныырым,
Онтон өр уоскуйа сатыырым.
Өлбүттэр билбэттэр,
Өлбүттэр эппэттэр,
Тыыннаахтар эрэ тыл көрдүүллэр, Тыыннаахтар барытын өйдүүллэр.
Аан ийэ дойдуга
Алдьархай турбута.
Ойуур-тыа уу чуумпу дьонугар
Ол сурах дьулаана туһугар.
Уол оҕо – ат кулун!
Уот сэрии – эн турун!
Сайыһа хаалбыта сайыммыт,
Сахалар сэриигэ барбыппыт.
Ытааччы бэргэнэ
Ыраахтан кэлбитэ,
Аан дойду саха диэн омугу
Аан маҥнай арыйта ол хоту.
Харса суох өстөөхтүүн
Хапсыһыы күнүс, түүн –
Уол оҕо уйанын-хатанын
Ол онно билбитэ барытын.
Бука, уол диэн ааттаах
Буһуохтаах-хатыахтаах,
Улахан, кыра да омуктар
Онто суох сатаммат курдуктар…
Мин – сэрии оҕото,
Биллэр ол тоҕото,
Билигин бэрт элбэх саастааҕым,
Мэҥ курдук сүрэхпэр баастааҕым.
Оҕо саас диэн тугуй?
Онно суох биир хоруй,
Ол курдук ардыгар уоннааххар
Улахан киһинэн дьон ааҕар.
Бултуугун-алтыыгын,
Бурдугу астыыгын,
Олох да умнаҕын кыраҕын,
Оннук эн сэриигэ кыттаҕын.
Кыайыыбыт туһугар
Кытаат диир курдуга
Дьон-сэргэ сыһыанын сылааһа,
Дьон-сэргэ ыратын ырааһа.
Кыайыыбыт aҥaapa,
Кырдьыга, ол баара,
Бэл бу ыар олохпут эрэлэ
Билигин даҕаны ол эрэ.
Хаһан да сэрии диэн –
Хара дьай, сэгэриэм!
Ол онон олорор сатаммат,
Ол ону умнар да сатаммат.
Оо, – сэрии өлүүтэ!
Оо, – кыайыы үөрүүтэ.
Сахалар ол онно кыттаммыт,
Саамай сөп онон киэн туттарбыт.