Мин билэбин кэлиэ кини,
Күүтэр эрэ күндү киһим,
Көмүс түөстээх күөрэгэйим,
Алтан түөстээх далбарайым,
Сиидэс ырбаахытын кэтэн
Сибэккилии көстөн ааһыа,
Бэйэтэ да билбэтинэн
Мин сүрэхпэр хаалан хаалыа.
Мин билэбин кэлиэ кини
Киэргэниэҕинэн киэргэнэн,
Эмньик сааспыт эриэккэһин
Эргитиэҕин саныыр киһим,
Эйэлээх диэн эдэр ыалы
Эмиэ миэхэ санатыаҕа,
Күрэҥ күһүн тымныы тыалын
Күлэн-оонньоон сымнатыаҕа.
Мин билэбин кэлиэ кини,
Уруккута уолум курдук,
Оттон бүгүн атын буолбут
Омун-төлөн оҕо киһим,
Оруо маһы ортотунан
Ону-маны тыллаһыаҕа,
Кини эрэ хоппутунан
Киһиргэнэн тыыллаҥныаҕа.
Мин билэбин кэлиэ кини
Киэһээ аһылык кэнниттэн,
Инньэ олох эдэрбиттэн
Эн-мин дэһэн кэлбит киһим,
Тап-тап тэбэммэхтээт,
Таһырдьаттан киириэ дьиэҕэ,
«Дьаарбайа сылдьыахха бүгүн
Талыы киэһэ буолбут», — диэҕэ.
Мин билэбин кэлиэ кини,
Соҕотох хаалар суос кэмим.
Бары ыалдьыттарым киэһэ
Барааттарын кытта миэхэ,
Кулгаахпар биир кэм чуҥкунаан
Чуумпу куолаһа:
«Суох! Эн үйэҥ мантан уһаан,
Сору эрэ көрүөҥ», — диэҕэ.