Мин кыра сайылык дьиэм турар
Бэрдьигэстээх арҕаа уһугар,
Солоҕооттор, Маалтаанылар
Суолларын саамай ааныгар.
Бу сир түөрт уон сэттэ сыллаахха,
Бука, Сэргэлээх диэн ааттааҕа.
Маалтаанылары кытта мин
Манна үөрэнэ кэлбитим.
Оттон бэйэм төрөөбүт сирим
Онно буолбатах, онтон илин:
Ыраах Сиинэм уҥуоругар,
Ытык Көдөйүм буоругар.
Ол бэйэм бүгүн оройуонум
Олох киинигэр олоробун.
Муокас соҕустук барыта
Бу маннык буолан таҕыста.
Киһи тыатыттан куоратыгар
Кэлим көһүүтэ буолбутугар
Биһиги аймах бу манна
Биирдиилээн кэлэн муһунна.
Инньэ Тыһаҕаччы күөлүттэн
Ийэм сытар манна көмүллэн,
Бу бэйэтин тула кини
Мунньар курдук биһигини.
Өйдөммөт суол баара сороҕор
Үөрүүнэн сүрэҕи толорор,
Ол аайы эн айылҕаҕын
Уруйдуугун-айхаллыыгын.
Оччоҕо туолбат да туолуоҕа,
Ол иһин даҕаны буолуоҕа
Кутум-сүрүм тохтуур сирин
Хоһооммор холбоон кэпсээтим.
Мин кыра сайылык дьиэм турар
Бэрдьигэстээх арҕаа уһугар,
Солоҕооттор, Маалтаанылар
Суолларын саамай ааныгар.