МИН ОЛОХПОР ОРДУК БИИРИ

Мин олохпор ордук биири — көҥүл

Өй-санаа күүһүн билинэбин,

Сөбүлээбиппин хастыы да төгүл

Хатылаан ааҕарга бэлэммин.

 

Улуу дьоннор олохторо арыт

Оҕолуу миигин долгуталлар,

Муҥнаах-сордоох буоллаллар даҕаны,

Муҥмун чэпчэтэн соһуталлар.

 

Оо, кинилэр көтүүлэрэ үрдүк,

Ону хаһан да ситиэм суоҕа,

Ол эрэн сыччах ол эрэ түбүк

Олохпун киэргэтэ туруоҕа