МИН ӨЙДҮҮБҮН (ПОЭМА)

Украина сиригэр охтубут убайым

Егор Егоров сырдык кэриэһигэр аныыбын.

Отутус сыллар

Мин мэлдьи истиҥ иэйиинэн

Киэн туттабын ол кэминэн —

Ол кэм кэрэ киһитинэн.

Кини кимий? Кимий ол кэм

Ааттаах-суоллаах активиһа,

Хорсун-хоодуот комсомола?

Кини—ол кэм хас биир кыыһа,

Кини—ол кэм хас биир уола…

Уонунан уоттаах сыллартан

Ол кэми ойутан ылан,

Мин уруй-айхал тылларын

Этиим эһиэхэ, сылларым!

Модун да музыка тыаһыыр,

Ыраас ыстааллыы лыҥкыныыр,

Ыраах да кини ыҥырар —

Оо, улуу отутус сыллар!

Эһи дьиппиэн хардыыларгыт,

Эһи ньиргиэр ырыаларгыт

Эстэр буомбаҕа буолбакка —

Эдэр сүрэххэ, суобаска

Муспут күүстэрин-уохтарын

Баһыйар күүстэр суохтарын

Аан дойдуга билбиттэрэ

Алдьархайдаах сэриигэ эрэ…

Дьөгүөссэ

Көдөй ыалын Дьөгүөссэтэ

Быйыл сааһа сүүрбэччэтэ.

Кини, дьоно кыаммат буолан,

Эрдэ булта үлэ суолун,

Хайыай ытыыр сүрэҕин —

Хаалларбыта үөрэҕин.

Кини, кыра баҕайы

Элбэх оҕо — убайа,

Ыарытыйар аҕатыгар

Ыксаабыта көмөҕө:

Уон биэһигэр-алтатыгар

Үлэ-хамнас бөҕөҕө.

Оччолорго колхозтарга

Уохтаах үлэ оргуйара,

Онно ыччат эриллэрэ,

Кимэ-ханныга биллэрэ.

Оттон сааһынан өссө

Олох оҕо Дьөгүөссэ —

Сайын туруу отчуга,

Кыһын чулуу булчута.

Арыт кини куораттыыра

Табанан куруус таһа:

Аны тыаны абырыыра

Куорат аһа-таҥаһа.

Уолчаан дьиэтигэр баарыгар

Быыс эрэ буллар ааҕара —

Икки хоппо кинигэтэ

Кини баар-суох мала этэ…

Оо, ол дьоллоох киэһэлэр

Дьону түмэр да этилэр —

Уолчаан борук-сорукка

Үөрэтэрэ сурукка.

Дьоно тылы маҥнай ааҕан

Сирэйдэрэ сырдыыра…

Хараҥа, өйтөн-санааттан,

Халбарыйа хамсыыра.

Дьоннор бүтэн бараллара,

Оһох уота умуллара,

Балаҕан муус түннүгүнэн

Ый быгара күлүгүрэн.

Уолчаан уута кэлбэтэ —

Кини умнан биэрбэтэ

Биир кыыс кэрэ мичээрин

Килбигийэ кистиирин…

Онтон ыла санаатыгар

Кини онно талаһар:

Куораттаан истэххэ, аара,

Үчүгэйиэн ол кыыс баара…

Көдөйдөр биир тымныы ыйга

Көспүттэрэ Тыымпынайга.

Дьөгүөссэ, таһаҕас таһар

Таба тала, кэлэр-барар.

Кини оҕо мэнигэ

Оччо хаала илигэ:

Сүүрдүү турку табаны

Сөбүлүүрэ даҕаны!

Кини күндү Көдөйүнэн

Тыымпынайтан Чынаҕа,

Көҥүл таба көлөтүнэн

Көтүтэрэ астына!

Көтөллөрө эмиэ оннук

Күннэр-дьыллар. Сыл да хонук…

Аны күһүн Дьөгүөссэни

Аналлааҕа көрсөө ини…

Онно, куорат суолугар,

Ол кыыс аймах дьонугар,

Сыарҕа хаара түһүүтэ

Күүтэллэрэ күтүөтү.

Дьөгүөссэ дьоһун дьолугар

Ол күтүөт — кини этэ!

Ону баара, ол сыл — соһумар

Түөрт уон биирис сыл этэ…

Перейти к содержимому