МИН ҮРЭХ БАҺЫГАР ҮӨСКЭЭММИН

Мин үрэх баһыгар үөскээммин

Ypүҥ күн сылааһын таптыыбын,

Күдэннээх куораттан күрээммин

Күөх Хонуум күөллэрин барыыбын.

 

Мин үрэх баһыгар үөскээммин

Үөс сиргэ үөрэнэн биэрбэппин

Күөх оттуу, күөх мастыы үүнэммин

Көҥүлбүн туохха да биэрбэппин.

 

Мин үрэх баһыгар үөскээммин

Үксүгэр оҕолуу кэнэммин,

Оҕурук тыллаахха үктээммин

Ол онтон төһөлөөх кэмсинним.

 

Мин үрэх баһыгар үөскээммин

Үгүстэн чаҕыйа туттабын,

Үйэбэр чуумпуга үҥэммин

Өрүүтүн айдааны тумнабын.

 

Мин үрэх баһыгар үөскээммин

Минньигэс санааны саныыбын,

Кинини түүн аайы түһээммин,

Киниэхэ эргиллэ сатыыбын.