МИН

Мин олус кырабын, кэрэбин,
Мин ону бэл бэйэм билэбин,
Мин ийэм caҥатын истэбин,
Мин сирим илгэтин иһэбин:
Сүрэҕим – тыллар күөх сэбирдэх,
Тымныыга-итиигэ сүр сэргэх.

Мин тыыллан-хабыллан турабын,
Мин олох үөһүгэр сылдьабын,
Охтобун, турабын, ыалдьабын
Уонна дьэ кыралаан кырдьабын:
Сүрэҕим-саһарар сэбирдэх,
Сүһүөхпэр аҕыйыыр күүс-күдэх.

Мин сытан, олорон тахсабын,
Мин күммүн, күөх тыабын ахтабын,
Төннөөрү хонукпун ааҕабын,
Түһээммин онно мин хаамабын:
Сүрэҕим – өһөp уот сэбирдэх,
Үөрэрэ-көтөрө бэрт сэдэх.