МУОКАС СОҔУС МУУДАРАС…

Муокас соҕус муударас.
Бу хантан кэлбит тылларый?
Сиргэ кыһыл, араҕас
Сибэкки хайдах тылларый?

Муокас соҕус муударас.
Бу дьиҥнээҕинэн ыллахха —
Биир санаата быһаҕас
Бэһиэлэй киһи тыллара.

Муокас соҕус муударас.
Ким да билбэт тылын этии.
Дьэ бу дьиҥнээх муударас,
Дьэ бу наадалаах кэпсэтии.

Муокас соҕус муударас.
Муҥур үйэ музата.
Бу да син биир муударас,
Бу да эмиэ музыка!