МУОКАС СОҔУС МУУДАРАС

Мутугунан быраҕар

Муҥур үйэ муудараһа,

Бука, киириэн баҕарар

Модун литератураҕа.

 

Муокас соҕус муудаpаc…

Бу хантан кэлбит тылларый?

Сиргэ кыһыл, араҕас

Сибэкки хайдах тылларый?

 

Муокас соҕус муударас

Булгу наадалаах тааллара.

Муокас соҕус кырдьаҕас

Буолуо бу этии ааптара.

 

Муокас соҕус муудаpаc…

Бу — дьиҥнээҕинэн ыллахха,

Биир санаата быһаҕас

Бэһиэлэй киһи тыллара.

 

Муокас соҕус муудаpаc…

Бу — эбэтэр баара суоҕа,

Үгүс дьоҥҥо ahаҕас

Yc тыл оонньуута буолуоҕа.

 

Муокас соҕус муударас –

Бу, кыракый хоһоон аата.

Санаа диэн ыар таһаҕас

Сайҕанан онно тарҕаата.