Оннук үлугэр туох ааттаах уратыны
Этээри гынаҕын эн бу хоһоонунан,
Төбөтө лэкээриҥниириттэн атыны
Ол тугу билэҕин мэкчиргэ туһунан?
Биллэрин курдук, мэкчиргэ – түүҥҥү көтөр
Аан дойдуга аатырар муударайынан,
Ханнык да хараҥаны курдаттыы көрөр
Халампаас тааһа харахтара умайан.
Күнүс көстүбэтин, түүн да түбэспэтин,
Борук-сорукка эрэ бултуурун иһин,
Аатырдыа даҕаны суохтара эбитин
Аатырдыбыттара буолуоҕа кинини?..
Мин манна итини бэлиэтээн тураммын
Биир тылы эппэтим мэкчиргэ туһунан,
Арай дьэ айылҕа оҕото буоламмын
Ааҕабын итини алыс сөп туоһунан.
Ол эрээри, доҕоттоор, орто дойдуга
Ону таһынан өссө остуоруйа диэн баар,