Оҕо оонньоотоҕо аатыран,
Дьиэтин сүгэн кэбистэ.
Ийэтэ буойа сатаан баран,
Эмискэ арай эттэ:
Арааһа, бу маннык оҕону
Алҕаска төрөппүппүн…
Оттон мин, — диир оҕото ону, —
Билбэппин көрдөспүппүн.
Тукаам, ийэҕин ол да буоллар
Тута суохтуур инигин.
Ийэҥ курдук ол ким таптыа буолла
Маннык орой мэниги!…