ОҔО САДТАРА

Уруккута улуу дойдуга,
Уларыйыы дойдутугар,
Көр, бүгүн да оҕо тойуга
Көтөр халлаан оройугар.

Оҕолор кэрэ саастарын
Уруйдуу-айхаллыы ыллыыллар,
Оттон кинилэр садтарын
Аукционтан атыылыыллар.

Оҕону дьиэҕэ иитиэххэ
Улуу дьоннордоох буолуохпут,
Оттон манна диэн эттэххэ,
Оҕону илиигэ тутуохпут.

Улаатан баран Робинзоннар
Уулуссанан хаамсыахтара,
Онно кэрэ амазонкалар
Уун-утары тахсыахтара.

Эн төрөппүт-ииппит киһи,
Итинтэн олустук үөрүөҕүҥ,
Оҕоҕун дьиэҕэр ииппитиҥ
Ордугун ол онно көрүөҕүҥ.

Ким да Эһиги диэн ол эрэн
Киирэ-тахса туруо суоҕа,
Туох баар баай барыта баар эрэн,
Туох эрэ тутах буолуоҕа…

Олох диэн киинэ ардыгар:
Онно баайдар эмиэ ытыыллар.
Оттон дьоннор байаарылар
Оҕо садтарын атыылыыллар.