ОҔОННЬОР

Уоннуу көһү түһэр этэ

Уолан бэрдэ биир күн,

Оннук күүскэ ахтар этэ

Ыраах баар көмүһүн.

 

Ол бэйэтэ бу буоллаҕа

Саас баттаан, сорсуйан,

Тиһэх суолугар турдаҕа,

Сүрэҕэ соруйан.

 

Кини хайаан да тиийиэхтээх

Кэргэнин yҥyoҕap,

Эрэммэт эбит эрэйдээх

Кэриэһэ туолуоҕар.

 

Оҕонньору көрөөрүҥ диэн

Төһөлөөх эппитэй!..

Үтүрүллэн өтөр кэлиэн,

Хайдах сэрэйбитэй?..

 

 

Оҕонньор күүһэ баарынан

Охто-охто барар,

Томтор оҕото хаарынан

Бүрүллэн бу сытар.

 

Кини хаста да хардыылаат

Онно охтон түстэ,

Уоскуйбуттуу өрө тыынаат,

Күн сириттэн сүттэ

Кини барда хом санаатын

Сүрэҕэр хааланан,

Бу буолбут буруйун, саатын

Кэннигэр хаалларан.