Оҕолоруом, Эһиги бары
Бу манна кэпсэнэр кыыллары
Кинигэттэн, киинэттэн,
Ааҕан, көрөн билэттиигит,
Улахан да киһиттэн
Ордук ааттаан биэрэттиигит.
Ол эрэн ол — киинэ, кинигэ…
Оттон эһиги дьиҥ иһигэр
Бэйэлээтэр бэйэҕит
Ойуургут, тыаҕыт кыылларын
Олохторун, быһыыларын
Онон-манан билэҕит.
Билэр да, билбэт да кыылларбыт —
Барыта биһиги ыалларбыт.
Кинилэри ол иһин
Көрө сатаа эн тыыннаахтыы,
Оҕо сааскын саныы-саныы
Кэпсиирдээх буолуоҥ кэлин.