ОЛ ОННО…

Тыал халлаан былытын хастаата,

Уот кыымнар барыгы үүрдүлэр,

Күөл күөгэл урсуна хамсаата,

Үөстэн үөр долгуннар сүүрдүлэр.

 

Кинилэр кытыыны туһулуу,

Кытыыны эрэ былдьасыһа,

Мөлбөрүстүлэр утуу-субуу,

Mөhүүpэ курдук кылбачыһа.

 

Күн сирэ көҕөрөн-наҕаран

Күөх солко таҥастыы тэлгэннэ,

Күөрэйдэ күөрэгэй барахсан,

Күн анна эмискэ тилиннэ.

 

Эн мантан эппэйиэҥ суоҕа дуо,

Дууһалаах долгуйар кэрэтэ!

Мааны да, мара да манна суох,

Ол онно, ол дьоҥҥо баар этэ.

 

Ол онно буолуо суох туһуттан

Myҥнahap-copдohop саҥнаахтар,

Кыратык даҕаны орпуттан

Кыйыттар, кыыһырар хааннаахтар.

 

Ол онно хайҕаныах хайҕаммат,

Ол онно ортолор улуулар,

Ол онно олорор аҕыйах,

Ол онно олоро оониьууллар…

 

Эн эмиэ ол онтон киһигин,

Эн эмиэ кыараҕас ыырдааххын,

Ол эрэн бу туран билигин

Эн ону өйдүүртэн ырааххын.

 

Кыыһар күн кытыастар кыымыгар

Эн бүттүүн сууланан тураҕын.

Күлүмнэс күөх от-мас быыһыгар

Көрдөөбүт көҥүлгүн булаҕын.

 

Эн үрдүк халлааны одуулуу

Үчүгэй санааны саныыгын,

Эн олох кыракый оҕолуу

Үөрэҕин, күлэҕин, ытыыгын.

 

Эн бу күн сырдыгын, сылааһын

Олоххо көрүөххүн саныыгын,

Бу халлаан үрдүгүн, ырааһын

Суох дьоҥҥо көрдөрө сатыыгын.

 

Оо, кэрэ эн күөлүҥ томторо,

Ол эрэн уолдьаста хоҥнорго:

Ол онно олоҕу оҥорсо,

Эн төннүөх тустааххын дьоннорго.