ОЛ ХАЙДАХ БАЙАБЫН?

Уолбут, эн бай! — диигит. Ол хайдах байабын?

Хараҥа түүн ахсын халыыбын дуу тахсан?

Хайатын куоттарыай хас сырыы аайытын,

Харабыл тутуоҕа, хаайыыга угуоҕа.

 

Согору суут буолар сураҕа кэлиэҕэ,

Эһиги истээтин эбэһээт тиийээриҥ,

Уоруйах эҥин диэн онно дьон кэпсиэҕэ,

Ону дьэ быһааран уолгутун быыһаарыҥ.

 

Уопсай диэн таах сибиэ. Уолбут, эн байдаргын,

Бары да, дэһэргит, барҕарыах этибиг.

Ол эрэн уорбакка ол хайдах байарбын

Оннооҕор бэйэҕит оруннаан билбэккит.

 

Барытын күүһүнэн, хамнаһын дуомунан

Ким баарый баай байбыт, килэйбит-халайбыт?

Хаһаайын да буолан бэйэтин уоҕунан

Биллибэт байыаҕа бэл киһи бэрт кыаҕа.

 

Ол ону өйдөөбөт курдук дуу быһыыттан —

Ис дьиҥэ ол оттон иҥсэттэн-оботтон

Аккаастыыр аҕыйах уопсайы ыһыыттан,

Үрэхтэн, алаастан өлүү-чаас ылыыттан.

 

Өбүгэ сиригэр үчүгэй да буолуо

Үгэһи толоро өҥнүк диэн олорор!

Сүрэҕэ суох эрэ сүөһүтэ суох буолуо,

Ыал устун бараахтыа, ыллаан дуу аһаахтыа.

 

Тус-туспа барарга дьон дьонун ыҥырар,

Ол тугун-ханныгын билбэтэр даҕаны,

Буор босхо пай ылар. Бу ини баай байар!

Дьол икки хараҕа чахчы суох, бадаҕа.

 

Эгэлгэ санаалаах эдэр да, эмэн да

Элбэҕин үлүгэр ийэ сир үрдүгэр.

Тохтотуоҥ дуо ону эн бүгүн этэн да,

Куһаҕан кэмэлдьи хотуулаах ээ мэлдьи.

 

Бадаҕа, мин эмиэ ол оннук суоллаахпын,

Бай! — диигит. Байыаҕым, байбыттыы

Байыаҕым!

Сиэрдээхпэр ол эрэн сэрэтиэх тустаахпын

Баай бардам буолуоҕа, бар дьонум диэ суоҕа.

                  

Киллэрэн-таһааран кини дьэ айыаҕа,

Кыраҕа-хараҕа кыратык быраҕа —

Сурунаал суруйуо, хаһыат да хайгыаҕа

Үбэ суох туруктан өрүттэр туһуттан.

 

Байыҥ диэн ыҥырыы бар дьоҥҥо тарҕанар

Сороҕу баҕарда, сороҕу абарда.

Бэрт өр кэм муспуппут биир сайын баранар

Мал эрэ буолбатах, майгы-сиэр барыта.

 

Тосхойбут дьолун дуу дьон бэрдэ куоттарбат

Туох өйө ол наада тус барсы ааҕарга.  

Бу маннык байыы диэн барҕарыы буолбагах

Бу маннык байааһын — дууһаны халааһын.

 

Уол оҕо — ат кулун. Уолбут, эн бай! – диигит.

Махталлаах быһыы дуу байарга ыҥырыы,

Ол эрэн эһиги оо, ханна сирдиигит

Ол турар уолчааны, бу иһэр кыысчааны?!

 

Эдэр дьон байары итэҕэл оҥостуо

Олоҕун барытын ол онно барыаҕа,

Ол оннук үүт-үкчү оҕото олоруо,

Ол үһү дуо ама олохпут анала?!

 

***

Киһи аймах кэлбит историятыгар

Баар эбит, бадаҕа, икки суол сайдарга

Бастакы суол баар айылҕаҕа барытыгар:

Ким күүстээх ол кыайар, ким кыахтаах

— ол байар.

 

Айылҕа барыта биир айар күүс буолан

Бэйэтин бэйэтэ биэбэйдээн кэлбитэ

Ити икки атах киһи буолбут суола,

Эриллэн-мускуллан, элбэхтик муҥнанан.

 

Өлөөччү өлөрө, тиллээччи тиллэрэ

Ким эрэ охторо, ким эрэ ордоро,

Уустук биир сибээскэ ол курдук киллэрэн

Ол курдук айылҕа олоҕу айдаҕа.

Кини биир оҕото киһи диэн аапааҕа,

Кыыл, көтөр кэриэтэ кыайбытын сиэбэтэ,

Оннооҕор куһаҕан ол эрэн саҥнааҕа:

Хамначчыт гынара, хам баттаан сылдьара.

 

Арҕааҥҥы, илиҥҥи аатгаах баай омуктар

Барбыттар буолунан бары ол суолунан.

Билбиттэр, таппыттар бэртэр бэрт курдуктар,

Билигин кинилэр инники иһэллэр.

 

Оттон бу мааны дьон аҕыйах сыллаахха

Аһыытын килэтэр адьырҕа этилэр,

Ууратта дуу ону, оо, сырдык сыаллаахтар,

Эһиги ыраҕыт, эһиги сыраҕыт.

 

Элбэх дьон сүрэҕэр иитиллэн, мунньуллан

Итинник үүммүтэ иккис суол үйэтэ,

Түс-туспа буолбакка, холбоһон, хомуллан

Бары биир киһилии барҕара байыҥ дии.

 

Бу суолу салайар өй-санаа үтүөтэ,

Бараммат ыраҕа бар дьону ыҥыра,

Онно суох олох да охсуһуу төрүөтэ,

Ол — киһи улууга, кэрэҕэ дьулуура.

 

Орто бу дойдуга киһилии олоруу

Ол сахтан бу сахха улуу сыал курдук да,

Ол ону дьиҥнээхтик олоххо толоруу

Олус ыар эбитин, оо, бүгүн эн биллиҥ.

 

Кыайбатах суолбутун кыраһан турдубут,

Барыта сымыйа этэ диэн балыйса,

Улуу дьон үөрэҕин оннуттан соттубут,

Тааҕы таах сэмэҕэ тардабыт, сэлэһэ.

 

Уопсай бас билии диэн ол үөрэх алҕастаах.

Ол сытар, бу турар — уоран бар баҕардар.

Үлэнэн ол баайы үксэтэр аналлаах,

Ааҕыллар кэлиэ дии, аатыгар сүөдэҥниир.

 

Ол оннук буолуоҥ дуо тус бэйэ туһугар.

Чааһынай бас билии — чаас аайы тиритии.

Эрэйиҥ барыта эн бэйэҥ туһаҕар,

Онон эн билигин олус баай киһигин.

 

Арай дьэ, доҕоттоор, бу маннык уопсайга

Букатын уорбакка үлэлиир буолуохха,

Оччоҕо ким кэлэн, онно суох уордайа,

Маннык суол кэрэгэй байарга диэх этэй?

 

Арахсыа да ини айбыт сир ийэтин

Сээкэйдии үллэстэр сиэрэ суох үгэстэн.

Үгүс дьон итини өйдөөбөт билигин

Үчүгэй өй-санаа үөскүүрэ бэрт бытаан.

 

***

Биллибэт эттиктии мээнэҕэ буолбакка,

Уот кыһыл сулуһу көрбүтэ аан дойду,

Ол эрэн ол сулус үйэ да турбакка,

Үөһэттэн аллара түспүтэ сурулаан.

 

Төһөлөөх сулустар түһэллэр, тахсаллар,

Ол онно улахан туох да суох куһаҕан,

Хата дьэ халлааҥҥа ол сорох сулустар

Хайдахтаах суоллары хаалларан сууллаллар.

 

Өстө дии күлүмнээт эпоха күөнүгэр

Үйэ үс чиэппэрэ чаҕылҕан кэриэтэ,

Өлбөөрдө дуу хоһуун үлэһит түөһүгэр

Үүнэр кэм гиэрбэтэ — өтүйэлээх сиэрпэтэ.

 

Үлэ — дьол, үлэ — чиэс. Үрдүк да өй-санаа

Көҥүл дьон дойдуга күүрэрэ, долгуйа.

Олоҕу биһиги ол курдук саҕалаан

Баар араас ыардары барытын аастахпыт.

 

Дьол-соргу туһугар дьон сырдык ырата

Тутатына туолбата тутаҕа буолбатах,

Өлүөҕэ-тиллиэҕэ үс төгүл кырата,

Онтон дьэ кэлиэҕэ ол ыра киһиэхэ.

 

Үйэ үс чиэппэрэ үрдүккэ тардыста,

Сайдыыны эмискэ салайан кэбистэ

Аан дойду олоҕо атыннык хайыста,

Адьырҕа даҕаны амарах дии аны.

 

Сырдаата сир-дойду сирэйэ-хараҕа,

Сылыйда дьон-сэргэ дууһата, сүрэҕэ,

Өйдөтө, ылынна үгүс дьон, бадаҕа,

Өссө биир олугу үрдээбит олоҕу.

 

Үчүгэй идея үүт курдук суураллар:

Ханнык да дьүһүҥҥэ хата биир дьүһүнэ.

Хаппытаал кыайда диэн хаһыытыыр буолаллар.

Хайыыр да кыахпыт суох. Ол эрэн уоскуйуох.

 

Хайдах да муҥнаныҥ, хайдах да сордонуҥ

Хас баайы тоторуох хамначчыт аны суох,

Онон таах ыытымаҥ уу аайы сордоҥу

Ырыынак диэн ааттаан ыйыстар бырааптаан.

 

Сиэх-аһыах айылаах сир аайы элбэҕин,

Ылаллар, биэрэллэр, ылларан иһэллэр,

Быраҕар, быһыыта, үлэлээх үлэтин,

Атыылаан-эргинэн аһыырга эрэнэ.

 

Сотору баар баайбыт барыта суох буолуо,

Собуот да тохтуоҕа, сүөһү да охтуоҕа,

Албаһын сатаабыт аатырыа-суолуруо,

Өй-санаа айманыа, үтүө сиэр айгырыа.

 

Кураанах дууһалар, кураанах харахтар!..

Туохтан да улахан ол буолуо куһаҕан.

Ол туохтан оҕолор бары биир курдуктар,

Ханналар чэмэлкэй харахтар-сирэйдэр?

 

Сыыһа суол: бар дьону байарга ыҥырыы,

Иҥсэни көбүтүү, иэдээни төрөтүү.

Сыыһа суол: ол онно оҕону кытыарыы,

Кэрэни, ырааһы киринэн ыһааһын.

 

Сыыһа суол төһө да элбэҕин иннигэр,

Сырдыгы хараҥа хаххалыа дуо ама?!

Бу киһи киһитин истибэт кэмигэр

Бу маны эрэ мин эһиэхэ этэбин.

1993 сыл