Өбүгэ олорбут олоҕо
Үйэ саас хаалтыи олоихоҕо
Үтүөкэннээх диэн доҕотторго,
Үчүгэйкээн диэн оҕолорго
Өйдөтор курдук сорохторго
Өссө биирдэ этэн охторго.
Олоххо дьон бары — айанньыт,
Олоҥхо диэн — улуу айымньы,
Ол аата кини дириҥ, уустук.
Ону эһиги судургутук
Дьикти эрэ курдук көрүмэҥ,
Дьиҥнээх суолтатын түһэримэҥ.
Олоҥхо диэн бу орто дойду
Олоҕо-дьаһаҕа уйгутун,
Ол онно хаһан эрэ урут
Урааҥхай саха дэнэр омук
Уһаан-тэнийэн олорбутун
Уустаан-ураннаан кэпсиир тойук.
Үстүү күннээх-түүнү тухары
Үөрэн-көтөн олорон бары
Урукку үйэлэртэн кэлбит
Улуу олоҥхону истэрбит:
Биллэр кини бухатыырдара
Билэр дьоммут буолаттыыллара.
Хоһуунтан хоһуун уоланнарга,
Холоонноох доҕор буолуохтарга,
Куттарын-сүрдэрин туттарбыт
Кутурҕан, Намылҕан Куолары
Куруутун ким эрэ уорара,
Холорук тыал буолан куотара.
Орто Дойду бухатыырдара
Олору да булаттыыллара:
Уоланнар, Ньургуннар суоллара
Охсуһуу олбохтоох буолара,
Ардыгар айыы уолаттара
Абааһытааҕар уордаахтара.
Улуу дьаалы диэҥ, холобурун,
Уот Уһуутаакы обургуну,
Ол эрээри кини курдук ким
Уйаннык таптыырый билигин?
Сөҕөҕүн эрэ тапталлааҕын
Тарбаҕынан да таарыйбатын.
Олоҥхобут — мөккүөр суох, кэрэ,
Ол да буоллар аахпакка эрэ
Улуу дии-диигит уруйдаамаҥ,
Оҕолоргутун буккуйтаамаҥ:
Хабыр быһыы киниэхэ баһаам,
Хата ону быһаара сатааҥ.
Биһиэнэ буоллун да барыта
Бэртэн бэрт буолуохтаах хайаан да,
Бэл киһи хайҕаммат суолугар
Мин диэтэх киһи дуо диэн буолар —
Биһиэнэ биһиэнин курдук диэн
Биллибэт манна да билиниэн.
Абааһы кыыһа Кыыс Кыскыйдаан
Ааттаах Үрүҥ Уоланы таптаан,
Эргэ тахсаары эргичийэр,
Элэ-была тылларын этэр,
Суох ону күн айыы киһитэ
Сордооҕу күдэҥҥэ көтүтэр.
Оо, бүгүн таҕыс да корөҕүн
Охсуһуу-этиһии боҕөтүн!..
Төрөлкөй эрэттэр түмсэннэр
Түүн-күнүс дьоннорго түһэллэр,
Икки-үс буоланнар куолууллар,
Элбэҕи суорума суоллууллар.
Ол хантан хааннаах, кимтэн кииннээх
Оҕолоруй? — диэччи билиэхтээх
Ол бары, уоланнарбыт курдук,
Уус-хаан бэйэбит оҕолорбут,
Ону олустук кэпсэнэммит
Ордуос оҥортоон кэбистэхпит.
Аата суох эрэн арбанарбыт
Алдьатыылаах курдук дуу арыт,
Кэрэнэн эрэ киэн туттарбыт
Кэмсиниилээх курдук дуу арыт,
Хобдох суолтан куота сылдьарбыт
Хотторуулаах курдук дуу арыт?..
Олоҥхо киһиэхэ дьайыыта
Улахан кистэлэҥ, быһыыта:
Олоҥхо аанньалын, айыытын
Олоххор үтүктэ сатыыгын,
Ол сылдьан ардыгар сирбитиҥ
Уон төгул ордугун билбэккин.
Биһиги омук быһыытынан
Биллиэх – костүөх буоллахпытына,
Оннук-маннык оҕолорбугун
Уонна улуу олоҥхобутун —
Барытын тэҥҥэ тутуохтаахпыт,
Барытынан киэн туттуохтаахпыт