ОННУК ДА БУОЛУО

Аан дойдуга түргэнтэн түргэн

Киһи санаата быһыылаах:

Санаа да, баар буолуоҥ сол түгэн

Төһөлөөх баҕарар ыраах.

 

Киниэхэ суох ыраах, чугас диэн

Сир саарын баҕас үрдүгэр:

Күнтэн да сонно төннөн кэлиэҥ

Көрүөх бэтэрээ өттүгэр.

 

Ол эрэн халлаан куйаарыгар

Санааттан да быдан түргэн

Ханнык эрэ күүс-уох баарыгар

Хаһан да саарбахтаама эн.

 

Сир, халлаан олоҕун холбооччу

Ситимниир күүс кини буолуоҕа,

Хаһан эрэ кйһи булгуччу

Кинини көрдөөн булуоҕа.

 

Дьэ аны ол кини буолуоҕа

Дьиктилээх эниэргийэ диэн,

Олох саҥа суолу солуоҕа

Киһи сайдар суола бу диэн.

 

Кини буруота былыт буолан

Халлааны хаххалыа суоҕа,

Кини дьаата салгыҥҥа туолан

Киһи тыынын хаайыа суоҕа.

 

Аатам курдук алдьатыа суоҕа,

Мас курдук бараныа суоҕа,

Таас чох курдук чааннырыа суоҕа,

Ньиэп курдук ньидьириэ суоҕа.

 

Айылҕа чээл күөххэ сууланыа,

Аан дойду айгыста тиллиэ,

Өрүс, күөл ып-ыраас ууланыа,

Чэгиэн-чэбдик олох кэлиэ!