ОЛОХ СУОЛА АРААС

Олох суола араас.
Дьон ону араастык ааһар.
Эдэринии ыраас
Ол дьонтон аҕыйах хаалар.

Хаһааҥҥыта эрэ
Кинилэр доҕордуулара,
Иккиэн эдэрдэрэ,
Сытыылара-хотуулара.

Бүгүн биирдэстэрэ
Бүк түһэн, нэһиилэ хаамар
Оттон иккистэрэ
Сэлиик аттыы ситэн ааһар.

Тэҥнээтэххэ көстөр
Киһи киһиттэн ордуга,
Ону кытта өссө
Биллэр кини кимэ-туга.